бугун эмиэ улэбиттэн кэлбитим о5ом хоьугар учууталлаах буола оонньуу сылдьар эбит. Дьоьумсуйбут, куукулаларын иннигэр кэчигирэппит. Ити о5ом тапталлаах учууталын Анастасия Петровна Николаеваны утуктэр. Нарын-намчы, о5о5о ураты иьирэх сыьыаннаах, этэргэ дылы, айыл5аттан айдарыылаах, дьин,нээх учуутал.
Биьиги Анастасия Петровнабыт Таатта талыы хонуутуттан тардыылаах, Н.Г. Чернышевскай аатынан Булуутээ5и педагогическай училище5а уорэнэн, улэьит аатын сукпут. 1981 сыллаахтан улэтин Муру 8 кылаастаах оскуолатыгар Олег Кошевой аатынан пионерскай дружина5а пионер-баьаатайынан са5алаабыта. Эдэркээн учууталы о5олор батыьа сылдьаллара, эппитин улугумнук толороллоро. Сурдээх таьаарыылаахтык улэлээбитин 1982 с. Бутун Союзтаа5ы Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ киин Сэбиэтин бэлиэ Знага туоьулуур. 1990 с. урдук уорэх кыьатын Магаданнаа5ы пединститутун дипломун ылан, инникитигэр эрэлэ кууьурэн, педагогическай улэтин сал5аабыта. Мин, учууталларын суолун батыьан, учуутал идэтин талбыт, биьиги нэьилиэкпитигэр, республика5а, ону ааьан, Бутун Россия5а биллибит икки кэрэ кыргыттары билэбин. Лена Семеновна Павлова 3 Бутун Союзтаа5ы «Сурэхпин о5олорго аныыбын» курэх кыайыылаа5а, нэьилиэк баьылыгын солбуйааччыта уонна Нюргустаана Юрьевна Гуляева – Саха сирин уорэ5ириитин туйгуна, билигин улуус дьаьалтатын баьылыгын солбуйааччыта.
Аьа5ас уруокка олорон, о5ом учууталын Анастасия Петровнаны ор да ор одууластым, кими эрэ санатар. Арай ойдообутум, били учууталлаах буола оонньуур о5обор майгынныыр эбит. О5ом учууталын укчу да утуктэр эбит: хас хамсаныыта, сан,арара, туттара-хаптара. Уорэнэ олорор о5олору корбутум улааппыттар, дьоьун дьон буолбуттар, бары бол5ойон, чуумпуран учууталларын истэллэр, убаастаабыттыы короллор. Манна костор учуутал уонна о5о быстыспат ситимнэрэ, бэйэлэрин икки ардыларыгар ойдоьуу-ойоьуу. Ол иьин да буолуо, Анастасия Петровна уорэтэр о5олоро уорэхтэрин билиитэ куруук 100 %, предметнай олимпиадаларга, бары курэхтэргэ ситиьиилээхтик кытталлар, куруук инники куон,н,э сылдьаллар, улууска, республика5а ааттара ааттанар. Уорэх туорт дьылын устата тороппут быьыытынан алтыьан, бииргэ улэлээн кэллибит. Онно кордоххо, Анастасия Петровна о5ону тус уратытын булан, личность быьыытынан сайдарыгар элбэхтик улэлэьэр. Ол туоьута, кылааспыт кыра ахсааннаах да буоллар, улахан коллектив курдук. Ол барыта о5о бэйэ-бэйэтигэр комолоьуутэ, биир тэн, киьи курдук бииргэ баар уустуктары, кыьал5алары быьаарсыы, туоратыы. Маны барытын о5олор бэйэлэрэ, туораттан комото суох.
Быйыл 4-ус кылааспыт, бутэьик сылбыт. О5обун 1 кылааска Анастасия Петровна илиитигэр туттарбыппын кэмсиммэппин, киэн туттабын. То5о диэтэр, бу миигин, кыратык да буоллар, кыра кылааска уорэппит учууталым, убаастыыр киьим. Аны о5олорбут алын суьуо5у бутэрэн, орто суьуох эйгэтигэр уктэнэллэригэр кытаанах тирэх «кынаттаахтар». Анастасия Петровна, о5ону уорэтии уустук кэмигэр элбэх сыра5ын, куускун, кыьамньыгын биьиги о5олорбутугар аныыргар биьиги тороппуттэр олуьун махтанабыт, сугуруйэбит. Уорэтэр о5олорун «дьон дьоно» буолуохтара диэн эрэннэрэбит. Куруук дьоллох буол, доруобай буол, убаастыыр кунду киьибит.
4 «б» кылаас тороппуттэрэ 2008 с.
Отзыв родителей