Петр Николаевич Тобурокап презентация

Бүөтүр Тобуруокап  (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.) Петр Николаевич Тобуроков литератураҕа киирбит аата.

Слайд 1Петр Николаевич Тобурокап
Саха суруйааччыта, Саха норуодунай поэта, оҕолорго аналлаах саха литературатын

классига
Улуу сэрии кыттыылааҕа

Слайд 2 Бүөтүр Тобуруокап  (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.)

Петр Николаевич Тобуроков литератураҕа киирбит аата.

Слайд 3Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр (бэйэтэ суруйбутунан Өлөкөөн диэн Тоҥуо Куону

диэн Өргүөт сиригэр, быһа холоон алтынньы ортотугар) булчут Ньукулай Тобуроков уонна Евдокия Ксенофонтовна Иванова (Улахан Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Биэһигэр 1922 с. төрөппүттэрэ оҕолорун үөрэттэрээри ийэтин дьоно олорор сирдэригэр Ороһуга көспүттэр. Уол аҕатын батан сааһыт, туһахчыт, тууһут, илимньит, мындыр булчут буола улааппыт.
Ааҕарга өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн таайа Василий Кустуктуурап үөрэппит.


Слайд 41928 оскуолаҕа Куорамыкыга (Үөһээ Бүлүү киинигэр) бастакы кылааска үөрэнэ киирэр. Сотору

буолаат бастакы кылаас программатын билэр буолан иккис кылааска көһөрүллэр.

1933 сыл кыһыныгар-сааһыгар төрөппүттэрэ уонна кыра биэстээх балта хара буоспаҕа ылларан ыараханнык ыалдьаллар, Бүөтүр прививкалаах буолан тура сылдьан ыарыыны аһарар. Балта бу ыарыыттан өлөр.

Холкуостаах ыччат оскуолатыгар (Школа колхозной молодежи) үөрэнэр сылларыгар бастакы айымньыларын суруйбут эбит. Бу кэмҥэ таайа журналист Кустуктуров Василий Ксенофонтович сабыдыала улахан этэ.




Слайд 51934—1937 сылларга Бүлүүтээҕи учуутал техникумугар үөрэнэр. Онно райкомол секретара М. Т. Васильев сорудаҕынан

киирбит.


Киирбит сылыгар (1935?) бастакы хоһооно бэчээккэ тахсар («Колхуостаах Балбаара хоһооно»).


1937 сылтан кэргэнэ Евгения Васильевна Ноговицыналыын Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр учууталлаабыттара.

1941 сыллаахха Тойоку ситэтэ суох оскуолатыгар дириэктэр.


1942 сыл сааһа — Туобуйаҕа партия райкомун уонна райисполкомун бэрэстэбиитэлинэн ананан 42 киһини армияҕа хомуйан киирбит уонна хомуйан киирбит дьонун кытта бэс ыйын 22 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт. Фроҥҥа барарга 4 төгүл көрдөһүү түһэрбитэ биллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта, Сталинград фронугар сылдьыбыта, наводчик-пулеметчик этэ. Тохтобул кэмигэр агитатордыыра, листовкалары тарҕатара, саллааттар санааларын өрө көтөҕөрө.



Слайд 7Оскуолаҕа учууталынан, директорынан үлэлээбитэ. Москва куорат М. А. Горький литературнай институтугар

старшай преподавателынан, айар семинардар салайааччыта этэ.
«Эйэ уонна үлэ», «Төрөөбүт дойдубар» диэн хомуурунньуктара улахан биллиини аҕалбыттара.

Слайд 8Айар үлэтэ
Бастакы айымньытынан ааҕыллар «Колхозтаах Балбаара хоһооно» Бүлүү улууһун «Колхоз суола»

хаһыатыгар 1934 с. бэчээттэммитэ.
Сэриигэ төһө да ыарахан усулуобуйаҕа сырыттар, хоһооннорун ыытан, «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэрэ.
Сэрии кэнниттэн учуутал Тобуроков саха литературатыгар оҕо суруйааччытын быһыытынан биллибитэ.
1947 с. Өктөөп 30 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттыыта улахан оруоллаах этэ. Онно кини «Буукубалар мунньахтара» поэмата уонна «Лыах» кэпсээнэ бастакы бириэмийэни ылбыттара.


Слайд 9Библиография
1.      «Буквалар мунньахтара» 1948г.
2.      «Улэ, эйэ дойдутугар» 1953г.
3.      «Тереебут

дойдубар» 1956г.
4.      «На берегах Вилюя» 1957г.
5.      «Чаный ча5аан» 1959г.
6.      «Лыах» 1960г.
7.      «Кыталыктар кырдаллара» 1960г.
8.      «Манан тиин» 1961г.
9.      «Буквалар мунньахтара» 2-е изд. 1961.
10.  «Хаар кыымнара» 1962г.
«Ытанньах герой буолбат»1964г




Слайд 1011.      «Цветы на снегу» 1966г.
12.      Избранное( на якутском яыке) 1967.


13.      «Тиэргэннээ5и зоопарк» 1969.
14.      «Чыычаахтар куну керселлер» 1970.
15.      «Бур5аллай» 1973г.
16.      «Ытар5алаах кун» 1974г.
17.      «Тынырахтаах тыллар» 1976г.
18.      «Искры снега» 1976г.
19.      «Талыллыбыт айымньылар» 1977г.
20.  «Харас»(перевод стих-й С.Есенина)
21.  «Чабыр5ах азбука» 1979г.
22.  «Сиибиктэ» 1978.
23.  «Тыа5а олорон» 1981.
24.  «Туллай» 1982г.
25.  «Хомустаах куерэгэй» 1983г.
26.  «Стерхи над Леной» 1983г.
«Сайын ханна барабын» 1985г

Слайд 1127.      «Сор уонна дьол»  (поэма)1985г.
28.      «Куннуун оонньуур куерэгэйдэр» 1986г.
29.     

«Эрэдэьиннэр» 1987г.
30.      «Таас кэлии, тимир со5ох» 1989г.
31.      «Долгунча»пьесалар 1993г.
32.      «Туунну кыыс» 1994г
33.      «Илии тутуурдаах» 1994г.
34.      «Текунук» 1996г.
35.      «Мутукча сыта» 1996г.
36.  «Оччоттон бачча5а» 1997г.
37.  «Таптаатым, эйигин таптаатым » 1999г.
38.  «Хоьооннор.Сэьэн. Кэпсээннэр» 2007 серия «саха суруйааччылара о5олорго»
39.«Айымньылар»т1. 2010. Серия «Саха народнай суруйааччылара».
40.  «Айымньылар»т.2.2013.


Слайд 15Ырыалара
Ырыалар музыкаларын айбыт композитордары, мелодистары Бүөтүр Тобуруокап бэйэтин күндү доҕотторунан ааттыыра.

Грант Григоряны кытта чугастык билсэрэ. З. Степановтыын бииргэ оперетта айан тураллар. Христофор Максимовы, Георгий Никифоровы кытары уһуннук көрсүспэтэҕинэ ахтыһар, суохтаһар атастара-доҕотторо этилэр. Кэлин А. М. Алексеевы, Е. М. Поликарповы, Н. И. Бойлоховы, М. И. Константинованы, Г. Д. Кысылбаиковы, В. И. Никаноровы кытта чугастык билсибитэ. Петр Николаевич мэлдьи этэр буолара: «Поэт композиторы кытта бииргэ үлэлиирэ үчүгэй, ол ырыа үөскүүрүгэр булгуччулаах кэриэтэ усулуобуйа буолар», — диэн. Ырыа тылын суруйар поэт саҥа ырыаны мэлдьи ис ритмҥэ олоҕуран, онно сөптөөх тыллаан, дорҕоону дьүөрэлээн суруйуохтаах диирэ.

Слайд 16
З. Степанов
Г. Григорян
Х. Максимов


Слайд 17Наҕараадалара уонна ытык ааттара
Саха норуодунай поэта
Аҕа дойдуну көмүскуур сэрии 2-с степеннээх

уордьана (06.04.1985)
«Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан (23.10.1987)
«Бочуот Знага» уордьан
Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ

Обратная связь

Если не удалось найти и скачать презентацию, Вы можете заказать его на нашем сайте. Мы постараемся найти нужный Вам материал и отправим по электронной почте. Не стесняйтесь обращаться к нам, если у вас возникли вопросы или пожелания:

Email: Нажмите что бы посмотреть 

Что такое ThePresentation.ru?

Это сайт презентаций, докладов, проектов, шаблонов в формате PowerPoint. Мы помогаем школьникам, студентам, учителям, преподавателям хранить и обмениваться учебными материалами с другими пользователями.


Для правообладателей

Яндекс.Метрика